Сардаана Осипова. "Хайа, хаһан кэлэҕин?"

Описание к видео Сардаана Осипова. "Хайа, хаһан кэлэҕин?"

Семен Данилов тыллара

Күндү көмүс күөрэгэйим
Күүтэн күнүм уhаата.
Хара-хара харахтааҕым,
Хайа хаhан кэлэҕин?

Тэйэн, уhаан хааллаххына
Тэhийбэппин билэҕин.
Миигин үөрдэн хоспор хаhан
Мичилийэн киирэҕин?

Хойут сойон, таптыыр дьолбун,
Кэҕиннэриэ диэйэҕин.
Кэбис, эрэн, кэлэппэппин
Кэрэхсэллээх бэйэҕин.

Ахтар күндү аналлааҕым,
Аралыйа сырдааҥҥын,
Хайгыыр хара харахтааҕым,
Хайа, хаhан кэлэҕин?

Комментарии

Информация по комментариям в разработке