Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев бэҕэһээ Ньурбаҕа үлэлээтэ

Описание к видео Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев бэҕэһээ Ньурбаҕа үлэлээтэ

Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев, оробуочай сырыытын, тутулла турар саҥа эбийиэктэри көрүүттэн саҕалаата. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү программатынан Ньурба куоратыгар тутулла турар 49-с квартиралаах дьиэни керде. Санатар буоллахха бу программанан 2025 сылга диэри, барыта 30-тан тахса тыьыынча квдратнай миэтэрэ иэннээх сана дьиэлэргэ олохтоохтор кеьуехтэрэ. Иккис эбийиэккэ, «3000 миэстэлээх стадионна» сырытта , бу урукку сылларга са5аланан баран, кэккэ уустуктары керсен, тохтоон турар эбийиэк. Бу тутууну олохтоох да дьон мэлдьи туруорсар боппуруостара. Салгыы, оробуочай белех, Ньурба театрын сана дьиэтин тутуута хайдах баран иьэрин миэстэтигэр тиийэн билистэ. Ил Дархан Айсен Николаев тутуу хаамыыта септеехтук баран иьэр бэлиэтээтэ, 2022 сыл санатыгар, Республика убулуейун керсе, бу эбийиэк улэ5э киириэ диэн эрэллээхпит диэн эттэ. Күн иккис аҥарыгар, оробуочай бөлөх, вертолетунан авиамониторинг оҥордо, Ньурба улууһугар Үөдэй нэһилиэгэр, 18 нүөмэрдээх баһаар бара турар сирин көрдө-иһиттэ. Уоту тохтотууга улэлии сылдьар дьону, олохтоохтору кытта керустэ. Санатар буоллахха, эрдэ улуус үрдүнэн 3 ойуур баһаара баар этэ, балартан Ньурбачаан уонна Күндээдэ баһаардара бу күннэргэ тохтотуллубуттар. Уедэй нэьилиэгин таьыгар бара турар 18-с нуемэрдээх ойуур баьаарын утары , кун бугун, 185 анал оборудованиены, 20 техниканы туьанан, барыта 186 киьи улэлиир. Республикабыт Ил-Дархана Айсен Николаев ойуур баьаардарын тохтотууга улэлээбит, улэлии сылдьар бары туьааннаах тэрилтэ улэьиттэригэр, улуус, нэьилиэк салайааччыларыгар уонна олохтоох дьонно, улахан улэни ыыппыккыт диэн бэлиэтээтэ, махталын биллэрдэ. Сайын кураан, куйаас куннэригэр, нэьилиэнньэ, инникитин ойуурга уоттан сэрэхтээх буоларыгар ынырда уонна да атын норуот хаһаайыстыбаларын бары салааларыгар сыһыаннаах, үгүс соруктары уонна сорудахтары туруорда.



#трснюрба #нюрба #нюрбинскийрайон

Комментарии

Информация по комментариям в разработке