Далан - "Тыгын Дархан" (бастакы,иккис олук)

Описание к видео Далан - "Тыгын Дархан" (бастакы,иккис олук)

Канал сайдыытыгар хаччынан ойуургэ Сбербанк 2202 2002 9845 8959 (Васильева М.Б.)

Саха Республикатын народнай суруйааччыта Василий Семенович Яковлев-Далан 1928 с. муус устар 1 күнүгэр Чурапчы улууһугар төрөөбүтэ.
Пединститукка уһулуччу үчүгэйдик үөрэнэ сылдьан, сымыйа буруйдааһыҥҥа түбэһэн 1952 с. репрессияламмыта. 2 сыл хаайыы эрэйин-буруйун билбитэ. Ити кини литератураҕа киириитин өр сылларга харгыстаабыта.

Прозаик, публицист. Драмаҕа күүһүн холоммута. Маҥнайгы кинигэтэ "Дьикти саас" 1978 с. бэчээттэммитэ. Прозаҕа 14 кинигэлээх. Сэһэннэри, кэпсээннэри суруйбута. Ордук роман жанрыгар ситиһиилээх. Норуот таптаан aaҕap "Тулаайах оҕо", "Кынаттаах ыралар", "Доҕоруом, дабай күөх сыырдаргын", "Тыгын Дархан" романнарын айбыта.

Оҕолорго анаан "Хотугу номохтор" (1979 с), "Тэппэй боччумурар" (1984 с.) уонна "Саха төрдө" (1993 с.) кинигэлэри таһаарбыта.

Үһүйээннэри, номохтору, кэпсээннэри, очеркалары түммүт биир бэлиэ кинигэтэ "Кэриэн ымыйа" 1988 с. күн сирин көрбүтэ.

Общественнай олоххо актыыбынайдык кыттарын үгүс ахсааннаах публицистическай уонна проблемнай ыстатыйалара, суоллааҕы бэлиэтээһиннэрэ туоһулууллара.

П.А.Ойуунускай аатынан Саха Республикатын государственнай бириэмийэтин лауреата, педагогическай наука кандидата.

"Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии 1941—1945 сс. килбиэннээх үлэтин иһин", "Үлэ бэтэрээнэ" мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

1979 с. ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ. 1996 с. сэтинньи 27 күнүгэр өлбүтэ. Дьокуускайга көмүллүбүтэ.

Комментарии

Информация по комментариям в разработке