Ахтылҕан (Сибэккилээх сыһыынан ...)

Описание к видео Ахтылҕан (Сибэккилээх сыһыынан ...)

Ахтылҕан. Уйбаан Федосеев - Доосо тыллара, Галина Шахурдина мелодията.

*****
Ахта эрэ түстэрбин
Аймаһыйан ылабын.
Үтүө, дьоллоох күннэрбин
Өйдөөн, үөһэ тыынабын.

Сибэккилээх сыһыынан
Сиэттиһиэхпит дуо аны?
Киэһэ барык быыһынан
Куустуһуохпут дуо аны?

Санаан эрэ кэллэрбин
Саппаҕыра сөҥөбүн.
Эргиллибэт эдэрбин
Эргиллэммин көрдүүбүн.

Чаҕыл уоттаах чараҥҥа
Дьаарбайыахпыт дуо аны?
Долгураҥҥа, чуумпуга
Чуопчаарыахпыт дуо аны?

Ааһан биэрбэт ахтылҕан
Амньыратар сүрэхпин.
Аһын миигин, оо, дьылҕам -
Аҕал биирдэ сэгэрбин!

Сибэккилээх сыһыынан
Сиэттиһиэхпит дуо аны?
Киэһэ барык быыһынан
Куустуһуохпут дуо аны?

Комментарии

Информация по комментариям в разработке